Өргүөт хоһуун дьонун чиэстээтилэр

22.12.2021

Өргүөккэ быйыл сайын Муоҕан, Уҥуох, Бэрэ, Үмүлүүн диэн сирдэргэ баһаар туран, ыксаллаах быһыы-майгы тахса сылдьыбыта. Бу былдьаһыктаах кэмҥэ Өргүөт нэһилиэгин күүстээх аҥардара суһаллык түмсэ охсон, уоту кытары охсуспуттара.
Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүтээҕи Лесничествоттан ойуур маастара Андреев Григорий Иванович тахса сылдьан, көхтөөх кыттыыны ылбыт 15 эр хоһууттарбытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын "Ойуур баһаарын умуруоруу кыттыылааҕа" диэн бэлиэлэри туттартаан туран, махтал тылларын тиэртэ.
Бэлиэ түгэҥҥэ мустубут эр дьон кэлэр сайын уоттан сэрэхтээх буолуу, баһаарга бэлэмнэнии, техниканан, үбүнэн хаарчыйыы курдук тыын боппуруостар тула кэпсэттилэр.


#ойуурбаһаардара #үөһээбүлүү #өргүөт

Создайте свой сайт бесплатно! Этот сайт сделан с помощью «Webnode». Создайте свой собственный сайт бесплатно уже сегодня! Начать