Өргүөккэ субуотунньук ааттааҕа тэриллэр

26.05.2020

Коронавирус дьаҥа төһө да дьиэҕэ хааччахтанан олорорго күһэйбитин иһин, тулалыыр эйгэни, олорор, үлэлиир дьиэ иһин-таһын өрө тардыы, ыраастааһын, бэрээдэктээһин үлэлэрэ өрө көтөҕүллүүлээхтик, тэрээһиннээхтик ыытылыннылар. 

Ол курдук, Өргүөттээҕи КСК иһин-таһын ыраастааһын үлэлэрэ тиһиктээхтик тэрилиннилэр. Биһиги үлэһиттэрбит тиэргэн иһин-таһын бу өрөбүллэртэн саҕалаан ыраастаатылар уонна үлэлэрин түмүктээтилэр.

Создайте свой сайт бесплатно! Этот сайт сделан с помощью «Webnode». Создайте свой собственный сайт бесплатно уже сегодня! Начать