Үтүө дьыала сүүс төгүл эргиллэн кэллин 

08.11.2021

Бу күннэргэ «Үтүө дьыала» аахсыйа, Комсомол 100 сылын көрсө уонна Сомоҕолоһуу нэдиэлэтин чэрчитинэн аҕам саастаах, соҕотох олорор биэнсийэлээх саастаах дьоҥҥо, соҕотох олорор ыал ийэлэригэр нэһилиэк тэрилтэлэрин эр дьоно бары мустан, Эбэбититтэн муус ылан, босхо көмөнү оҥордулар.

Нэһилиэк эр дьоно ытык кырдьаҕастарга муус ылан, сааһылаан биэрдилэр. Киһи кырдьара, кыаммат буолуута, саас ылан иһэрэ, тустаах киһиэхэ ыарахан уонна кыһалҕа буолар. Ол санаалары, кыһалҕалары туоратарга, суох гынарга, биһиги нэһилиэкпит эр дьоно күүс көмө өйөбүл буоллулар. ✊🏻✊🏻✊🏻

Үтүө дьыала сүүс төгүл эргиллэн кэллин ✊🏻✊🏻✊🏻

Создайте свой сайт бесплатно! Этот сайт сделан с помощью «Webnode». Создайте свой собственный сайт бесплатно уже сегодня! Начать